Саас кэллэ кэтэһиннэрэн,
Ол эрэн бу – айылҕа бэлэҕэ.
Өрүспүт саҥа ыраастанна,
Сэбирдэх хайы-үйэ тылынна.
Ыам ыйын ардаҕа сайҕаата
Мутукча чээлэй күөҕүн,
Бастакы кустар халлаааҥҥа
Даачалары кыйа көттүлэр.
Маннык кэмҥэ эмискэ дууһам
Сэрэхтик, сэргэхтик аһыллыа,
Кырачаан сэбирдэх кэриэтэ,
Черемуха сырдыгын батыһа.
Туохтан санаарҕыам буоллаҕай,
Үөрүүнү кууһан ылыахха –
Умнуохха ааспыт кыһалҕатын,
Кэлэр кэм да кэдэргитин.
Хомолто миигиттэн араҕыста.
Мин эдэрбин, дьоллоохпун –
Улахан уу этэҥҥэ ааста,
Үрдүктэр син биир мастарым.
Былыттар усталлар бытааннык.
Өрүһүм силбэһэр халлаанныын.